саамай элбэхтик, харса суох бултанар түүлээх буолар. 1960 –
1964 сс. сыл ахсын ортотунан 531 – 855 тыһ. андаатар бултаммыта, 1987 с. – 666 тыһ., 1989 с. – 265 тыһ., 1991 с. - 273 тыһ., 1993 с. – 123 тыһ., оттон 2000с. – 165тыһ., 2001с. – 193тыһ., 2002 с. – 84756, 2003с. – 103,5 тыһ., 2004с. - 158621. Ордук элбэхтик андаатары 2004 с-ха Орто Халыма (47196), ҮөҺээ Бүлүү(20229), Ньурба (17737), Кэбээйи (11020) улуустара бултаабыттараАндаатар туһата :
Тириититтэн ичигэс таҥастары тигэллэр.
Сорох сирдэргэ андаатар этин аһылык быһыытынан эмиэ туһаналлар.
Андаатар сыата туберкулезка эмп буолар.
Андаатарынан араас кыыл-көтөр аһылыктанар
Булчуттар тириитин туттаран харчы оҥостоллор
20-40- чалыы сыл стажтаах булчуттар этиилэриттэн түмүктээн эттэххэ:
Андаатар ахсаана уларыйбат: сорох сыл элбиир, сороҕор аҕыйыыр.
Андаатар тириитэ, этэ, сыата барыта туһаҕа барар.
Андаатар ахсаана кэлин элбээтэҕинэ айылҕаҕа буортута элбииһи.
Билигин андаатар буортуну оҥорорунааҕар туһата элбэх эбит . Онон андаатары эһэргэ эрдэ курдук.