Что такое findslide.org?

FindSlide.org - это сайт презентаций, докладов, шаблонов в формате PowerPoint.


Для правообладателей

Обратная связь

Email: Нажмите что бы посмотреть 

Яндекс.Метрика

Презентация на тему Классный час на тему: Уус–Амма нэһилиэгин олоңхоһут Бэстиинэптэр ађа уус

Сыала: Уус – Амма нэьилиэгин , бэйэм удьуорбар баар олонхоһуттары билсиһии, үөрэтии, үйэтитии.Соруга: 1. Уус-Амма олоңхоһуттарын туһунан матырыйаал хомуйуу 2. Ахтыыларынан
Уус–Амма нэһилиэгин       олоңхоһут Бэстиинэптэр ађа уус Сыала: Уус – Амма нэьилиэгин , бэйэм удьуорбар баар олонхоһуттары билсиһии, үөрэтии, Дьарылык килбиэн сүүрүктээх, дьарђаа таас түгэхтээх, үрдүк мөңүөн хайалардаах, арылыйар Бястиновтар төрүччүлэрэОлонхоьуттарсуруйааччы Кинилэртэн ордук Бястинов Дмитрий Семенович – Бястинов Михаил Дмитриевич, Быытыгый уус улахан уола, эмиэ тимир ууһа киһи. Нэһилиэгэр Бястинов Егор Дмитриевич – Тарбын Дьөгүөр, эмиэ икки-үс олоңхону , олоңхолуура үһү Бястинов Гаврил Дмитриевич – Ачылла Хабырылла, наһаа а5ыйах саңалаах эрээри, биирдэ эмэтэ Бястинов Дмтирий Дмитриевич-Баасан Миитэрэй, Быытыгый ууһу кытары бииргэ төрөбүт киһи уола. Баасан Түөлбэ олоңхоһуттара Уус – Амма нэһилиэгин олоңхоһуттара, ол курдук Егорова (Чепалова) Гликерия – Муннугар Нелакиров Егор Петрович, 20 үйэ бастакы аңарыгар олорон ааспыт.Тахтай Дьөгүөр диэн хос Оготоев Петр Васильевич (1910-1976сс.), Уус-Амма саамай тиһэх олонхоһута. Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх Түөлбэм олоңхоһуттарын ырытан, үөрэтэн баран маннык санаађа кэллим:Дьон ааспыты Быытыгый ууһу кытары бииргэ төрөөбүт киһи уола. Баасан Миитэрэй сэрии
Слайды презентации

Слайд 2 Сыала: Уус – Амма нэьилиэгин , бэйэм удьуорбар

Сыала: Уус – Амма нэьилиэгин , бэйэм удьуорбар баар олонхоһуттары билсиһии,

баар олонхоһуттары билсиһии, үөрэтии, үйэтитии.
Соруга:

1. Уус-Амма олоңхоһуттарын туһунан матырыйаал хомуйуу
2. Ахтыыларынан төрдү -ууһу чинчийии, үөрэтии,
3. Аймахтарбын кытта сибээстэһии.
4. Национальнай библиотекаттан, архивтан ыйыталаһыы.
Хайысхалара:
- кинигэлэри аа5ыы
- олохтоох библиотекађа сылдьыы
- онорбут улэбин музейга туттарыы
- кылаас чаастарын ыытыы


Слайд 3

Саха баайа – тыла
Төрдүн-ууһун ырытар, ырыңалыыр киһи – толкуйдаах Киһи.
Киһи иитиллэр эйгэтэ – омуга. Омук тыына – тыла.
Саха баайа – тыла, өйө уонна талаана. Тылтан ордук баай, тылтан ордук күүстээх, тылтан ордук үйэлээх туох да суох. Оннук ураты тылы- үйэлээђи, күүстээђи – иһигэр илдьэ сылдьар омук өлөн – охтон биэриэ суођа. Онто барыта олоңхо тылыгар сөңөн баччађа диэри быстыбакка тиийэн кэлбитэ үтүмэн үөрүүлээх. Саха омук айбыт олоңхото киһи-аймах тылынан уус-уран айымньытын биир суол көрүңэ буолар. Кини ойуулуур, дьүһүйэр тыла-өһө баайынан –дэлэгэйинэн,өйдөбүллэрэ дириңинэн, киэңинэн сөхтөрөр. Ол да иһин былыр-былыргыттан олоңхоһут саха дьонун ытыктабылын, сүгүрүйүүтүн ылар, үйэлэр усталарыгар уос номођор киирэн кэпсээңңэ сылдьар. Төрөөбүт – үөскээбит Уус-Аммам нэһилиэгэр бу ааспыт үйэђэ 16 олоңхоһут олорон ааспыттарын туһунан Таатта ытык кырдьађаһа, сүдү сэһэнньитэ Е.Д. Андросов суруйар. Бу олонхоһуттар ортолоругар мин ийэбинэн төрдүбэр Бэстиинэптэр ађа уустан 8 олонхоһут киирэ сылдьарын үөрэттибит.

.


Слайд 4 Дьарылык килбиэн сүүрүктээх, дьарђаа таас түгэхтээх,

Дьарылык килбиэн сүүрүктээх, дьарђаа таас түгэхтээх, үрдүк мөңүөн хайалардаах, арылыйар

үрдүк мөңүөн хайалардаах, арылыйар ыраас уулаах Амма Эбэ барахсан

нэлэһийэ устан кэлэн дохсун Алдан өрускэ түһэр хоннођор Таатта улууһун Со5уй диэн нэьилиэгэ баара. Икки орус холбоһор сирэ буолан буолла5а олус үчүгэй, кэрэ айылђалаах, тупса5ай сирдээх – уоттаах, кытылларыгар, хочолоругар от, бурдук өлгөмнүк үүнэр талыы-талба хонуулаах. Сааьын да, куьунун да араас котор бииьин ууьа то5уоруйарын ааьар, собулээн олохсуйар сирэ. Итинник утуокэн сирдээх-уоттаах сиргэ Бэстииинэптэр а5аларын уустара обугэ са5аттан тобуруоннээн олорбуттара. Кинилэртэн ордук Бястинов Дмитрий Семенович – Быытыгый Уус баьылаан-коьулээн олорон ааспыта.Быытыгый Уус уонна кинини кытта бииргэ төрөөбүт киһи уола – Бястинов Дмитрий Дмитриевич-Баассан Миитэрэй диэн эмиэ бэйэлэрин кэмнэригэр олоңхо бөђөтүн олоңхолоон ааспыт дьон эбит.

Слайд 5

Бястиновтар төрүччүлэрэ
Олонхоьуттар
суруйааччы

Бястиновтар төрүччүлэрэОлонхоьуттарсуруйааччы

Слайд 6 Кинилэртэн ордук

Кинилэртэн ордук Бястинов Дмитрий Семенович – Быытыгый Уус

Бястинов Дмитрий Семенович – Быытыгый Уус биллэн-көстөн олорон ааспыт.

Кэргэнинээн Мария Ефимовналыын 10 ођолонон, сир оңостунан, бурдук ыһынан, сүөһү ииттэн үчүгэйдик олорбуттар.
Дмитрий Семенович – Быытыгый Уус сорсуннаах булчутун, сээркээн сэһэнньитин таһынан өссө улахан олоңхоһут киһи эрээри, наар биир сиргэ олорбут буолан, олоңхоһут быһыытынан буолбакка, үтүө тимир ууһунан биллибит. Олоңхолоро: «Буура Дохсун Боотур», «Орто дойдуга ороһулаан төрөөбүт Ођо Тулаайах Боотур»
Кини 9 уолаттарыттан үксүлэрэ ађаларын ууьааннар эмиэ биллэр олоңхоһут-ырыаһыт дьоннор буолбуттар.
Дмитрий Семенович-Быытыгый Уустан 1933 сыллаахха Сэһэн Боло саха былыргытын туһунан хас да үьүйээни, сэһэни суруйбут.

Бястинов
Дмитрий Семенович -
Быытыгый Уус


Слайд 7









Бястинов Михаил Дмитриевич, Быытыгый уус улахан уола, эмиэ

Бястинов Михаил Дмитриевич, Быытыгый уус улахан уола, эмиэ тимир ууһа киһи.

тимир ууһа киһи. Нэһилиэгэр балачча кэрэхсэнэ сылдьыбыт орто баайыылаах

олоңхоһут. Балачча идэтийэн олоңхолообут киһи. Кини таптаан олоңхолуур үс олоңхолоођуттан «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөђөтүн» дьон сөбүлээн олоңхотоллор эбит. Кэлин эмиэ холкуос үлэтэ обургуга саба баттатан кыайан олоңхотун сайыннарбатах.


Слайд 8








Бястинов Егор Дмитриевич – Тарбын Дьөгүөр, эмиэ икки-үс

Бястинов Егор Дмитриевич – Тарбын Дьөгүөр, эмиэ икки-үс олоңхону , олоңхолуура

олоңхону , олоңхолуура үһү гынан баран, туой дьээбэлэнэн, дьону

элэктээн, олоңхотун тылыгар –өһүгэр ыстырыыс тыллары кыбытан олоңхолуур буолан ођо, дьахтар баарына олоңхолообото үһү. Ол да буоллар, кини олоңхотун ырыатын-тойугун олус бэртик, ким барыта чуумпуран олорон истэр гына, ыраас, дьэнкэ куолаһынан толорорун истээрилэр нэһилиэгин дьоно эккиритэ сылдьаллара үһү.

Слайд 9








Бястинов Иннокентий Дмитриевич, бииргэ

Бястинов Иннокентий Дмитриевич, бииргэ

төрөөбүттэртэн саамай үрдүк уңуохтаахтара уонна
толуу көрүңнээхтэрэ. Эмиэ уһуктан
олоңхолоотођуна кими барытын кэрэхсэтэр үтүө
олоңхоһут киһи этэ диэн кэпсииллэрэ. Кини хас да
олоңхону олоңхолуура үһү.

Бястинов Прокопий Дмитриевич, син дьэрис дьэнкэ куоластаах утуокэннээх киьи сурахтаа5а. Куоракка энин айанна сырытта5ына, туора улуус дьоно кини олонхотун олус кэрэхсээн, биьирээн истэллэрэ уьу. Инньэ гынан дойдутугар, нэьилиэгэр да5аны кини олонхолуурун эмиэ сирбэттэрэ, батыьа сылдьан олонхолотон истэллэрэ диэн буолар.




Слайд 10 Бястинов Гаврил Дмитриевич – Ачылла Хабырылла, наһаа а5ыйах

Бястинов Гаврил Дмитриевич – Ачылла Хабырылла, наһаа а5ыйах саңалаах эрээри, биирдэ

саңалаах эрээри, биирдэ эмэтэ да буоллар, олоңхолоотођуна устар ууну

сомо5олуур уус тыллаах, үтүөкэннээх кэрэ куоластаах олоңхоьут киһи эбитэ үһү.Сааһырбыта, өссө балайда олох олоро түспүтэ буоллар, уһулуччулаах да олоңхоһуттарга чугасаһар кыахтаах хабааннаах киһи эдэр сааһыгар суорума суолламмыт.

Бястинов Семен Дмитриевич, Быытыгый уус ахсыс уола, син балачча олоңхолуура гынан баран, олоңхотун тылын кыайа туппат этэ.


Слайд 11
Бястинов Дмтирий Дмитриевич-Баасан Миитэрэй, Быытыгый ууһу кытары бииргэ

Бястинов Дмтирий Дмитриевич-Баасан Миитэрэй, Быытыгый ууһу кытары бииргэ төрөбүт киһи уола.

төрөбүт киһи уола. Баасан Миитэрэй сэрии иннинэ, П.А.Ойуунускай ыңырыытынан

куоракка киирэн, «Ньургун Боотур» олоңхону олоңхолоон хайђанан, илиинэн эрийэр иистэнэр массыынанан уонна обургу харчынан бириэмийэлэнэн тахсыбыта биллэр. Кини бырааттарыттан, олоңхоьут Бэстиинэптэртэн барыларыттан быдан ордук олоңхоьут киһи эбитэ үһү. Кини ХIХ үйэ кутуругун баттаһа, ХХ үйэ бастакы аңарын аңардаһа олорон ааспыт Таатта биир уһулуччулаах олоңхоһута.
Олоңхото: «Күнуүкөрсө төрөөбүт Күөрэстэй Куо»

Слайд 12 Түөлбэ олоңхоһуттара

Түөлбэ олоңхоһуттара

Слайд 13 Уус – Амма нэһилиэгин олоңхоһуттара, ол курдук Егорова

Уус – Амма нэһилиэгин олоңхоһуттара, ол курдук Егорова (Чепалова) Гликерия –

(Чепалова) Гликерия – Муннугар үөннээх Чаппалаха эмээхсин диэн аатынан

бэйэтин кэмигэр уһулуччу аатыра-сурађыра сылдьыбыт улахан олоңхоһут. 19-20 үйэлэри баттаһа олорон ааспыт. Истиэхтэн эриэккэс кэрэ, уус-уран тыллаах буолан, үс дойду дьонугар наһаа биһирэтэр, истээччилэрин бэйэтигэр тардар сүдү күүстээђэ, аптаађа эбитэ үһү диэн кэпсииллэрэ. Чехордонов Роман Саввич (1875-1917), түөрт олоңхођо тиийэ олоңхолуура үһү. Олортон «Ньургун Боотур» ну олус сэргээн, таптаан олоңхолотоллор этэ диэн чугас аймађа М.Савватеев ођонньор ахтара. Власов Гаврил Николаевич-Буучээн Хабырылла (1888-1949), хас да олоңхону билэрэ үһү. РахлеевКонон Дмитриевич – Мороду Миитэрэй уола (1898-1948), дойдутугар, нэһилиэгэр Куонаан ойуун диэн аатынан биллэрэ. Син хоп курдук балачча олоңхолуу сылдьыбыт эбит.

Слайд 14 Нелакиров Егор Петрович, 20 үйэ бастакы аңарыгар олорон

Нелакиров Егор Петрович, 20 үйэ бастакы аңарыгар олорон ааспыт.Тахтай Дьөгүөр диэн

ааспыт.Тахтай Дьөгүөр диэн хос аатынан ааттыыллара. Эмиэ ох курдук

орто олоңхоһутунан аађыллыбыт.
Винокуров Иннокентий Константинович (1906-1980) аатырар Байаарын уус күтүөтэ. Хас да олоңхону билэрэ. Олоңхолоро сүрдээхуус-уран тыллаах өстөөх эбиттэрэ үһү.Ордук олоңхотун дьонун –сэргэтин, сирдэрин –уоттарын наһаа кэрэтик ситэрэн-хоторон, ымпыктаан-чымпыктаан ойуулаан-оһуордаан этжрин дьон сөбүлээн истэрэ эбитэ үһү.
Блахиров Гаврил Дмитриевич – Чолопуус Хабырылла (1901-1935) балайда үчүгэйдик олоңхолообута эбитэ үһү.

Слайд 15





Оготоев Петр Васильевич (1910-1976сс.), Уус-Амма саамай тиһэх олонхоһута.

Оготоев Петр Васильевич (1910-1976сс.), Уус-Амма саамай тиһэх олонхоһута. Саха АССР оскуолаларын

Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала. Икки олоңхону олоңхолууруттан биир

саамай сөбүлүүрүн «Эьэ Хара аттаах Элэс Боотур» диэн орто кээмэйдээх олоңхотун бэйэтэ суруйан хаалларбыта. Ону уола, Саха сирин биир биллиилээх виртуоз хомусчута П.П.Оготоев үс тылынан бэчээттэтэн, дьон-сэргэ билиитигэр-көрүүтүгэр таһааран, хаһан да өлбөт-сүппэт үйэлээтэ. Олоңхоһут Петр Васильевич киэң билиилээх, Саха былыргытын учугэйдик билэр, сыаналыыр буолан, балачча үтүөнү, күттүөннээ5и, кэрэхсэбиллээ5и кэннигэр кээһэн барбыт биир саамай ытыктабыллаах киһибитинэн буолар.
Олонхото: Эьэ хара аттаах Элэс Боотур»

Слайд 17
Түөлбэм олоңхоһуттарын ырытан, үөрэтэн баран

Түөлбэм олоңхоһуттарын ырытан, үөрэтэн баран маннык санаађа кэллим:Дьон ааспыты

маннык санаађа кэллим:

Дьон ааспыты умнуо суохтаађын, умунна да силиһэ

суох буола түһэрин биллим. Силиһэ суох мас үүммэт;

Саха омук өйө-санаата, билиитэ – көрүүтэ, олорон ааспыт олођо барыта олоңхо номођо буолан сылдьарын өйдөөтүм;

Уус-Аммам нэһилиэгэр бу ааспыт үйэђэ 16 олоңхоһут олорон ааспытын;

Бу олонхоһуттар ортолоругар мин ийэбинэн төрдүбэр Бэстиинэптэр ађа уустан 8 олонхоһут баарын;


  • Имя файла: klassnyy-chas-na-temu-uus–amma-neһiliegin-oloңhoһut-bestiinepter-aђa-uus.pptx
  • Количество просмотров: 131
  • Количество скачиваний: 0