Что такое findslide.org?

FindSlide.org - это сайт презентаций, докладов, шаблонов в формате PowerPoint.


Для правообладателей

Обратная связь

Email: Нажмите что бы посмотреть 

Яндекс.Метрика

Презентация на тему к НПК на тему Кылтан, сиэлтэн хатыы - еруу ньымата

Содержание

Введение:АктуальноһаҮүнэр ыччат олоҕун өбүгэлэрбит олохторун, сиэрдэрин – туомнарын кытта сибээстээн, былыр-былыргыттан төрүттэрбит культурата, искусствота билиҥҥи олоххо дьүөрэлээх, туһалаах буолбутун өйдөтүһэр уонна аныгы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн тыынныыр наада.Чинчийии сыала:Кылтан сиэлтэн оҥоһуктары оҥоруу ньыматын билсии, көрү.Сиэлтэн өрүү ньыматынан
үлэни оҥордо: С.Ф. Марков аатынан Уолбут орто оскуолатын 7 - с Введение:АктуальноһаҮүнэр ыччат олоҕун өбүгэлэрбит олохторун, сиэрдэрин – туомнарын кытта сибээстээн, былыр-былыргыттан төрүттэрбит Күн Дьөһөгөй Айыы оҕотоДьөһөгөй Айыыттан төрүттээх сылгы барахсан күүһэ-уо5а, сыыдам сырыыта, сыалаах Саха итэҕэлигэр, сиэргэ-туомҥа үрүҥ кылы, сиэли, ситиини үгүстүк тутталларын билэбит. Саха норуота Кыл, сиэл, суҥ оҥоһуктарОлоххо-дьаһахха туттуллар маннык оҥоһуктары оҥоруохха соп.Кыл оҥоһук арааһа:- дьиэҕэ-уокка Үрүҥ сиэл сүүмэхтээх араҥаччылыыр туос киэргэллэрКыл ситиинэн араас ойуулаах – оһуордаах туос ыаҕыйалар Сөрүө Сөрүө– саха былыргыттан кэрэҕэ тардыһарын, дьулуурун, тулуурун туоһулуур үйэттэн-үйэ5э тиийэн кэлбит Кылы, сиэли хатыы-өрүү араастара-Үөһүнэн (баттахтыы сытыары) өрүү: 3,4,5,6,7,8 үөс буолуон сөп Кылы, сиэли хатыы-өрүү араастараӨрүүлэр араастара:Үс утахтан суһуохтуу өрүү. Эрдэттэн бэлэмнэммит үс тэҥ Былыр дьахталлар үксүн ньилбэктэригэр хаталлар эбит. Бу арыый судургу уонна таһаарыылаах ньыма. Кылтан таҥас – сап 	Кыл сэлээппэни 3, 4, 5 үөстэн өрөллөр. 3 Практическэй үлэТыытыы. Биир тутум кылы эбэтэр сиэли ылан хаҥас илиигэр тутаҕын уонна Нарыылааьын. (бастааhын)Тыытыллыбыт кылы-сиэли икки илиигинэн бобо тутан аңы-аңы тардаҕын. Хаста да хатыланар. Эрэһиинэ бэрчээккэ кэтэн баран, бороһуоктаах итии ууга кыра-кыра чөмөх гынан сууйабыт, 4-5 Сууйан баран сиэли, кылы чараас гына быаҕа ыйаталаан, уутун сүүрдэн куурдабыт. Сиэли, Бу үрүҥ сиэлтэн сэлээппэ оҥорорбутугар 4 утаҕынан үөстээн өрдүм. Бу кытыытыгар сиэл Сэлээппэбитин оройуттан суһуоҕу хаптаччы тутан холбоон саҕалыыбыт. Кэтэр киһи төбөтүн кээмэйигэр сөп Маннык сэлээппэни сайын, күн уотуттан харыстанан кэтэр олус үчүгэй. Бу сиэлтэн өрүллүбүт Туһаныллыбыт литература1. З.Е.Павлова «Кыл-сиэл оҥоһуктар» Дьокуускай «Бичик»    кинигэ издательствота
Слайды презентации

Слайд 2 Введение:
Актуальноһа
Үүнэр ыччат олоҕун өбүгэлэрбит олохторун, сиэрдэрин – туомнарын

Введение:АктуальноһаҮүнэр ыччат олоҕун өбүгэлэрбит олохторун, сиэрдэрин – туомнарын кытта сибээстээн, былыр-былыргыттан

кытта сибээстээн, былыр-былыргыттан төрүттэрбит культурата, искусствота билиҥҥи олоххо дьүөрэлээх,

туһалаах буолбутун өйдөтүһэр уонна аныгы кэмҥэ сөп түбэһиннэрэн тыынныыр наада.

Чинчийии сыала:
Кылтан сиэлтэн оҥоһуктары оҥоруу ньыматын билсии, көрү.
Сиэлтэн өрүү ньыматынан оҥоһук оҥоруу
Үлэм соруктара
1) кыл-сиэл оҥоһуктары оҥорор утумнааһын
2) оҥоук оҥоруу
3) кыл сиэл оҥоһуктары киэҥ эйгэ5э билиһиннэрии

Слайд 3 Күн Дьөһөгөй Айыы оҕото
Дьөһөгөй Айыыттан төрүттээх сылгы барахсан

Күн Дьөһөгөй Айыы оҕотоДьөһөгөй Айыыттан төрүттээх сылгы барахсан күүһэ-уо5а, сыыдам сырыыта,

күүһэ-уо5а, сыыдам сырыыта, сыалаах этэ, уохтаах кымыһа, ичигэс тириитин

таһынан уһун кыла, сыспай сиэлэ, бэл түлээбит түүтэ барыта барыта олоххо-дьаһахха туһалаах.

Слайд 4 Саха итэҕэлигэр, сиэргэ-туомҥа үрүҥ кылы, сиэли, ситиини үгүстүк

Саха итэҕэлигэр, сиэргэ-туомҥа үрүҥ кылы, сиэли, ситиини үгүстүк тутталларын билэбит. Саха

тутталларын билэбит. Саха норуота сүгүрүйэр айыыта – үһүс халлааҥҥа

олорор Дьөһөгөй Айыы буолар. Ол иһин Дьөһөгөй Айыыга анаан ыһыах ыһаллар. Билигин даҕаны урууга саҥа ыал көмүлүөгүн ортотугар алаадьылаах арыыны кытта сиэл кээһин, Айыылартан дьол-уйгу көрдөһөр, ыһыах түһүлггэтигэр саламаннан күрүөлээһин эҥин диэн элбэх сиэри-туому оҥороллор.
Ыһыахха туттар иһиккэ-хомуоска үрүҥ сиэл, ситии киэргэли элбэхтик көрүөххэ сөп.

Слайд 5 Кыл, сиэл, суҥ оҥоһуктар
Олоххо-дьаһахха туттуллар маннык оҥоһуктары оҥоруохха

Кыл, сиэл, суҥ оҥоһуктарОлоххо-дьаһахха туттуллар маннык оҥоһуктары оҥоруохха соп.Кыл оҥоһук арааһа:-

соп.
Кыл оҥоһук арааһа:
- дьиэҕэ-уокка туттуллар: сиидэ,сүүр;
- таҥаска-сапка эбии: сэлээппэ,

дэйбиир, кымньыы;
- булт тэрилэ: кыл муҥха, илим, куйуур, туһах, о.д.а;
- быа-туһах арааһа: иирчигэн, өргөн, сэбэһэ, өтүү, туос иһити тигэр ситии, түөрт кырыылаах сылгы ыаҕаһын быата, уо.д.а.
Сиэл оҥоһук арааһа :
- сөрүө, буутай;
- сүөһү быатын арааһа : ынах быата, ньирэй быата.


Слайд 6 Үрүҥ сиэл сүүмэхтээх араҥаччылыыр туос киэргэллэр
Кыл ситиинэн араас

Үрүҥ сиэл сүүмэхтээх араҥаччылыыр туос киэргэллэрКыл ситиинэн араас ойуулаах – оһуордаах туос ыаҕыйалар

ойуулаах – оһуордаах туос ыаҕыйалар


Слайд 7 Сөрүө
Сөрүө– саха былыргыттан кэрэҕэ тардыһарын, дьулуурун, тулуурун

Сөрүө Сөрүө– саха былыргыттан кэрэҕэ тардыһарын, дьулуурун, тулуурун туоһулуур үйэттэн-үйэ5э тиийэн

туоһулуур үйэттэн-үйэ5э тиийэн кэлбит сүдү мындыр оҥоһук. Сиэдэрэй көстүүлээх

сөрүө– саха дьонун ыарыыттан-сүтүүттэн, үөнтэн-көйүүртэн, куһаҕан тыынтан арчылыы турдун диэн Үрдүк Айыы айбыт орон олбоҕо

Слайд 9 Кылы, сиэли хатыы-өрүү араастара
-Үөһүнэн (баттахтыы сытыары) өрүү: 3,4,5,6,7,8

Кылы, сиэли хатыы-өрүү араастара-Үөһүнэн (баттахтыы сытыары) өрүү: 3,4,5,6,7,8 үөс буолуон сөп

үөс буолуон сөп
- Кулуһун сөрүө ньымата.

- Тигии сөрүө, көнтөс ньымата.
- Буутай ньымата.
- Сиидэ ньымата.
- Муҥха ньымата.
- Дэйбиир ньымата.
- Сиэл сөрүө ньымата.
Аныгы ньымалар:
- Гобелен (ручное творчество) ньымата.
- Макраме ньымата.
- Хатыы- өрүү ньымата

Слайд 10 Кылы, сиэли хатыы-өрүү араастара
Өрүүлэр араастара:
Үс утахтан суһуохтуу өрүү.

Кылы, сиэли хатыы-өрүү араастараӨрүүлэр араастара:Үс утахтан суһуохтуу өрүү. Эрдэттэн бэлэмнэммит үс

Эрдэттэн бэлэмнэммит үс тэҥ ута5ы ылан суһуохтуу өрөҕүн.
Түөрт утахтан

хаптаҕай гына өрүү. Түөрт утахтан хаптаҕай гына уҥа илиигэр баар төрдүс ута5ы бастакы утах үрдүнэн, ол иннинэ бастакы утах иккис утах аннынан кэлэн үһүс утах үрдүгэр ууруллар. Төрдүс утах иккис утах аннынан киирэн үһүс утах үрдүнэн барар.
Туорт утахтан төгүрүк гына өрүү. Маннык өрөргө икки хара аннынан икки үрүҥ ута5ы хардары тутан угаҕын.
Туорт утахтан суһуохтуу таҥалай ойуунан өрүү. Түөрт тэҥ утаҕы ылан икки үрүҥү, онтон икки хараны үрүт-үрдүгэр уура5ын. Ойуута «таҥалай ойуу» дэнэр.
Биэс утахтан төгүрүк гына өрүү. Бу эмиэ түөрт утахтан хапта5ай гына өрүүгэ маарынныыр. Икки ойо5ос утахтары нөҥүө-маҥаа илдьэн холбуу өрөҕүн.
Алта утахтан хапта5ай гына өрүү. Түөрт утахтан өрүүгэ маарынныыр, утаҕын ахсаана эрэ элбэх.
А5ыс утахтан түөрт кырыылаах гына өрүү. Сахаларга кылынан-сиэлинэн оҥоһуктарга аҕыс утаҕынан өрүү муҥутуур чыпчааллара.


Слайд 11 Былыр дьахталлар үксүн ньилбэктэригэр хаталлар эбит. Бу арыый

Былыр дьахталлар үксүн ньилбэктэригэр хаталлар эбит. Бу арыый судургу уонна таһаарыылаах

судургу уонна таһаарыылаах ньыма. Өссө илиинэн эбэтэр эрбэххэ хатыаххын

сөп.
Билигин араас ньыманы барытын тутта сатыыллар (шинаны, күлү туһаналлар). Ол гынан баран оҕону үрүҥ кыл сүдү суолтатын дьиҥ чахчы өйдүүр, кутугар иҥэр гына, бэйэтин үлэтин сыаналыыр гына иитэргэ, хайаатар да былыргылыы хатарга үөрэтэр сөп.


Слайд 12 Кылтан таҥас – сап
Кыл сэлээппэни 3, 4,

Кылтан таҥас – сап 	Кыл сэлээппэни 3, 4, 5 үөстэн өрөллөр.

5 үөстэн өрөллөр. 3 үөһүнэн сэлээппэ өрөргө элбэх сыра

наада гынан баран, кэтэргэ сүрдээх чэпчэки уонна нарын көстүүлээх буолар.
Сэлээппэ оҥорорго бастаан кылы мунньан бэлэмнээн, өҥүнэн наардаан, быһыытын-таһаатын толкуйдаан баран, мас киэп оҥороллор. Онно тэҥнээн быстыспат уһун суһуох ороллор. Сэлээппэни өрүү оройуттан саҕаланар. Кылы кылга холбуурга төрдүн төбөтүгэр сөп түбэһэр гына тарпакка, өрүллүбүт үөс хаптаччы сытар буолар. Өрөр үөһү көнө гына тарпакка, хаҥас диэки токуруччу тардан иһэллэр. Уһун өрүү суһуоҕу эргитэн биэрэн, сыһыары тута-тута, кылынан холбуу тигэн иһэллэр. Суһуох саҕаланыытын уонна бүтэһигин кистии тигэн кэбиһэллэр.

Слайд 13 Практическэй үлэ
Тыытыы.
Биир тутум кылы эбэтэр сиэли ылан

Практическэй үлэТыытыы. Биир тутум кылы эбэтэр сиэли ылан хаҥас илиигэр тутаҕын

хаҥас илиигэр тутаҕын уонна уҥа илиигинэн биир – биир

сыыйаҕын. Тыытыллыбыт түү көпсөркөй буолар. Элбэҕи биирдэ тартахха сүүмэҕинэн түhэр. Оччоҕо ситии хаачыстыбата мөлтүүр.


Слайд 14 Нарыылааьын. (бастааhын)
Тыытыллыбыт кылы-сиэли икки илиигинэн бобо тутан аңы-аңы

Нарыылааьын. (бастааhын)Тыытыллыбыт кылы-сиэли икки илиигинэн бобо тутан аңы-аңы тардаҕын. Хаста да

тардаҕын. Хаста да хатыланар. Кыл-сиэл уhунуттан арыый да уhун,

сааhыламмыт, нарыыламмыт суон сүүмэх буолар.


Слайд 15 Эрэһиинэ бэрчээккэ кэтэн баран, бороһуоктаах итии ууга кыра-кыра

Эрэһиинэ бэрчээккэ кэтэн баран, бороһуоктаах итии ууга кыра-кыра чөмөх гынан сууйабыт,

чөмөх гынан сууйабыт, 4-5 ууга сайҕыыбыт. Бороһуоктаах ууга кирэ-хаҕа

үчүгэйдик барар, тымныы ууга үчүгэйдик сайҕаатахха кылабачыйан тахсар. Сиэли, түүнү сэрэнэн сууйаллар – чөмөх буолан кытаатан хаалыан соп.


Слайд 16 Сууйан баран сиэли, кылы чараас гына быаҕа ыйаталаан,

Сууйан баран сиэли, кылы чараас гына быаҕа ыйаталаан, уутун сүүрдэн куурдабыт.

уутун сүүрдэн куурдабыт. Сиэли, кылы сууйан баран үчүгэйдик салгылатабыт,

ыраас таҥас мөһөөччүккэ харайабыт.


Слайд 17 Бу үрүҥ сиэлтэн сэлээппэ оҥорорбутугар 4 утаҕынан үөстээн

Бу үрүҥ сиэлтэн сэлээппэ оҥорорбутугар 4 утаҕынан үөстээн өрдүм. Бу кытыытыгар

өрдүм. Бу кытыытыгар сиэл сүүмэҕин кыптыйынан быһабыт. Сэлээппэҕэ бу

ньыманан өрүүгэ ортотунан 18-20 миэтр суһуох наада.

Слайд 18 Сэлээппэбитин оройуттан суһуоҕу хаптаччы тутан холбоон саҕалыыбыт. Кэтэр

Сэлээппэбитин оройуттан суһуоҕу хаптаччы тутан холбоон саҕалыыбыт. Кэтэр киһи төбөтүн кээмэйигэр

киһи төбөтүн кээмэйигэр сөп буолар гына киэп оҥоробут. Киэпкэ

хаптаччы сытыаран холбуубут.

Слайд 19 Маннык сэлээппэни сайын, күн уотуттан харыстанан кэтэр олус

Маннык сэлээппэни сайын, күн уотуттан харыстанан кэтэр олус үчүгэй. Бу сиэлтэн

үчүгэй. Бу сиэлтэн өрүллүбүт сэлээппэбит быһыытын аныгылыы тыыннаан, панамаҕа

маарыннатан өрдүбүт.

  • Имя файла: prezentatsiya-k-npk-na-temu-kyltan-sielten-hatyy-eruu-nymata.pptx
  • Количество просмотров: 306
  • Количество скачиваний: 8