Что такое findslide.org?

FindSlide.org - это сайт презентаций, докладов, шаблонов в формате PowerPoint.


Для правообладателей

Обратная связь

Email: Нажмите что бы посмотреть 

Яндекс.Метрика

Презентация на тему Айымньы аатын уус-уран суолтата (А. С. Бродников поэзиятынан)

Ааҕааччы уус-уран айымньыны кытта билсиһиитэ кинигэ аатыттан саҕаланар. Үчүгэй аат кэннигэр «саһар» туох эрэ умсугутуулаах баарын билэ охсор баҕа санаа үөскүүр. Онон аат хаһан баҕарар кэрэһит буолар.Үлэм көдьүүһэ:
Айымньы аатын уус-уран суолтата (А.С.Бродников поэзиятынан) Ааҕааччы уус-уран айымньыны кытта билсиһиитэ кинигэ аатыттан саҕаланар. Үчүгэй аат кэннигэр «саһар» Үлэм сыала: А.С.Бродников хоҺооннорун аатын Алексей Бродников - лирик–поэтАаҕааччылар Алексей Бродниковы лирик-поэт быһыытынан билэллэр. Кини 1965с ССРС Хоһооннор ааттарын темаларынан наардааһынПоэт хоһооннорун биэс сүрүн темаҕа араардым: сэрии, таптал, айылҕа, А.С.Бродников хоһооннорун аатын уратыта.А.С.Бродников поэзиятыгар өрө көтөҕүллүүлээх ааттар баһылыыллар: «Үчүгэйиэн алааспар», «Ырыабыныын Хоһоон аатын тутулунан, саҥа чаастарынан араастараПоэт Алексей Бродников хоһооннорун ааттарын тутулунан наардаан Майгыннаһар-хатыланар ааттаах хоһооннор.Алексей Бродников поэзиятыгар эмиэ аҕыйаҕа суох. Холобура, «Саас»- «Саас», «Өлүөнэ»- Хоһоон аатын формата.Алексей Бродников поэзиятыгар, аҕыйах да буоллар, киһи аатынан ааттаах хоһооннору Болҕомтоҕут иһин махтал.
Слайды презентации

Слайд 2 Ааҕааччы уус-уран айымньыны кытта билсиһиитэ кинигэ аатыттан саҕаланар.

Ааҕааччы уус-уран айымньыны кытта билсиһиитэ кинигэ аатыттан саҕаланар. Үчүгэй аат кэннигэр

Үчүгэй аат кэннигэр «саһар» туох эрэ умсугутуулаах баарын билэ

охсор баҕа санаа үөскүүр. Онон аат хаһан баҕарар кэрэһит буолар.

Үлэм көдьүүһэ:


Слайд 3 Үлэм

Үлэм сыала: А.С.Бродников хоҺооннорун аатын уус-уран уратытын

сыала:
А.С.Бродников хоҺооннорун аатын уус-уран уратытын быһаарыы.

Соруктара:
1) А.С.Бродников

хоҺооннорун үөрэтии;
2) Хоһооннор ааттарын уус-уран суолтатын, форматын, тутулун наардаан ырытыы;
3) Суруйааччы поэзиятын ааттарын үгэһигэр уонна киһи быһыытынан уратытын быһаарыы.


Слайд 4 Алексей Бродников - лирик–поэт
Ааҕааччылар Алексей Бродниковы лирик-поэт быһыытынан

Алексей Бродников - лирик–поэтАаҕааччылар Алексей Бродниковы лирик-поэт быһыытынан билэллэр. Кини 1965с

билэллэр. Кини 1965с ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, коммунист. Хоһоонноро

1946 сылтан ыла сурунаалларга, хаһыаттарга бэчээттэнэллэр.
Кинигэлэрэ: «Күөх чараҥҥа», «Күөх суугун», «Сипсиэр», «Хочо хоһооно», «Этигэн хомус», «Куорсуннаах оноҕос», «Кулун туйаҕа», «Хоһооннор», «Кыырайа көт, кынаттаах атым», «Айылгы туонабар», «Үчүгэйиэн дойду сирэ!»
Барыта уон биир хоһоон кинигэлээх. Олортон 150 хоһоонун аатын уус-уран суолтатын темаларынан, тутулунан, форманан, ньыманан уратыларын ырыттым, чинчийдим.

Слайд 5 Хоһооннор ааттарын темаларынан наардааһын
Поэт хоһооннорун биэс сүрүн темаҕа

Хоһооннор ааттарын темаларынан наардааһынПоэт хоһооннорун биэс сүрүн темаҕа араардым: сэрии, таптал,

араардым: сэрии, таптал, айылҕа, булт, бэлиэ күннэр. Алексей Бродников

поэзиятын, айар үлэтин темата баай, киэҥ. Сэрии күчүмэҕэй күннэригэр ыар, нүһэр тыллаах «Бааһырыы», «Бинтиэпкэбэр», оттон эйэлээх, налыччы, түс-бас кэмҥэ «Ветераннар», «Сүгүрүйүү» диэн хоһооннорун буойун-поэт суруйбута.
Киһи истиҥ иэйиитэ-таптал. Бу теманы поэт нарыннык хоһуйбута.
Баай дууһалаах поэт айылҕаны кытта алтыһан үөскээбитэ, айылҕа туһунан хоһоонноругар көстөр.
Маны таһынан байанайдаах булчут буолан, булт тематыгар суруйбут үгүс хоһооннооҕо биллэр.
Ааҕа олорон, бэлиэ күҥҥэ аналлаах үгүс хоһоонноро, кини чугас дьонугар болҕомтолооҕо көстөр.

Слайд 6 А.С.Бродников хоһооннорун аатын уратыта.
А.С.Бродников поэзиятыгар өрө көтөҕүллүүлээх ааттар

А.С.Бродников хоһооннорун аатын уратыта.А.С.Бродников поэзиятыгар өрө көтөҕүллүүлээх ааттар баһылыыллар: «Үчүгэйиэн алааспар»,

баһылыыллар: «Үчүгэйиэн алааспар», «Ырыабыныын көрсүһүү», «Үчүгэй да эбит», «Күүрэн

кэллэ сүрэҕим», «Хотуурум миэнэ» уо.д.а хоһооннору суруйталаабыта.
Саха литературатыгар 60-70сс. айымньыларга романтическай ааттар дэлэйбиттэрэ биллэр. Онтон А.С.Бродников «Таба хаамыах сэгэриэм», «Таптыыр эбиэт сүрэҕим» уо.д.а.
Олох уларыйыытын көрдөрөр ааттарга, чахчы да, олох, сайдыы, саҥа сүүрээн, олох уларыйыыта сабыдыала көстөр. Холобура, «Совет былааһа», «Алмаас» уо.д.а хоһооннорун ааттыахха сөп. Онон айымньы суруллар кэмигэр олох сайдыыта буола турар уларыйыылар улахан оруолу оонньууллар. Поэт дууһатын, санаатын, иэйиитин уратыта хоһооннорун ааттарыгар көстөр.

Слайд 7 Хоһоон аатын тутулунан, саҥа чаастарынан араастара
Поэт Алексей Бродников

Хоһоон аатын тутулунан, саҥа чаастарынан араастараПоэт Алексей Бродников хоһооннорун ааттарын тутулунан

хоһооннорун ааттарын тутулунан наардаан көрдөххө, интэриэһинэй хартыына үөскүүр. Айымньы

аатыгар саамай үгүстүк аат тыл туттуллар, тоҕо диэтэххэ, кылгас чопчу тыл күүстээх суолталаах. Холобура, «Сайын»… үгүс ааттары көрсүөххэ сөп.
Ахсаан ааты туттубутун биири эрэ буллум. Мантан көстөрүнэн, «үс» ахсаан аат туттуллубута мээнэҕэ буолбатах.
Хоһоон аата бүтүн этиинэн бэриллибитэ сэдэх буолбатах. Бүтүн сэһэн этиинэн бэриллибит ааттар үгүстүк көстөллөр. Маннык ааттар сүрүннээн айымньыны саҕалыыр, түмүктүүр оруоллахтар. Онон манна айымньы кылгас ис хоһооно түмүллүбүт курдук буолар. Холобура, «Үрдук таас хайаҕа тахсыахпын баҕардым», «Манна титирик үүнэр эбит уо.д.а.
Ыйытар этиинэн бэриллибит ааттар эмиэ көстөллөр. Холобура, «Кыраһыабай кимий?», «Хайдах этэй тойугун?»… Онно, сөптөөх ыйытыыга эппиэти эрэйэр хоһоон ис хоһоонноҕо көстөр.
Туһулуулаах этии хоһоон аата буолбута ордук күүрээннээх буолар: «Ыҥырабын, доҕоруом, ыҥырабын»… Маннык хоһооннорго автор ааҕааччыны истиҥ кэпсэтиигэ ыҥырар курдук. Хоһоон аатын тутулунан ылан көрдөххө, тутул хайдаҕыттан ааҕааччы хоһоону ылыныытыгар ураты суолталаах.

Слайд 8 Майгыннаһар-хатыланар ааттаах хоһооннор.
Алексей Бродников поэзиятыгар эмиэ аҕыйаҕа суох.

Майгыннаһар-хатыланар ааттаах хоһооннор.Алексей Бродников поэзиятыгар эмиэ аҕыйаҕа суох. Холобура, «Саас»- «Саас»,

Холобура, «Саас»- «Саас», «Өлүөнэ»- «Лена», «Хайаҕа»- «Хайа үрдүгэр», «Уол

ырыата»- «Ырыа» уо.д.а. биир өйдөбуллээх хоһооннор дэлэйдэр.
Аат майгыннаһара, хатыланара мээнэҕэ буолбатах.
Хатыланар ааттаах хоһоон олохтон ылыллыбыт түгэнтэн, сүрүн санааттан тутулуктаах буолуон сөп.

Слайд 9 Хоһоон аатын формата.
Алексей Бродников поэзиятыгар, аҕыйах да буоллар,

Хоһоон аатын формата.Алексей Бродников поэзиятыгар, аҕыйах да буоллар, киһи аатынан ааттаах

киһи аатынан ааттаах хоһооннору буллум. Ол курдук, кэрэ аҥаардар

ааттарынан ааттаах хоһооннор. Холобура, «Татыйаана», «Өкүлүүн», «Раяҕа» диэн. Поэт нарын иэйиитин, баҕа санаатын этэрин хоһуйан суруйбут.
Быһаарыылаах аат тылынан чопчулаан биэрии үгүстүк көстөр: «Ойуһардаах куобах», «Кынаттаах үйэҕэ» уо.д.а.
Хоһооҥҥо даҕаны сир-дойду аата киирэрэ көстөр: «Чурапчыга», «Тааттаҕа», «Халыма устун» уо.д.а. Манна хоһоон ис хоһоонугар сири-дойдуну ойуулааһын, айылҕаҕа болҕомто күүһүрэрэ көстөр.
Онон хоһоон аатын форматын уратыта суруйааччы тус олоҕун кытта ситимниир, айар үлэтин байытар.

Слайд 10

Түмүк:Саха литературоведениятыгар айымньы аатын

Түмүк:
Саха литературоведениятыгар айымньы

аатын үөрэтии прозаттан саҕаламмыта. Онтон поэзия айымньыларын ааттарын анаан- минээн үөрэтии Дьинэ, поэзия айымньыларын аатын ырытыы киэҥ, интэриэһинэй үлэ. Аакка баар-айымньы дьиҥ кистэлэҥэ. Онон бу тема литература наукатыгар инникитин анал чинчийэр үлэни эрэйэр.
Биһиги А.С.Бродников хоһооннорун үөрэтэн- сыымайданан баран, маннык түмүктэри онордубут:
А.С.Бродников хоһооннорун ааттарыгар саха норуотун олоҕор ханнык быһыы-майгы буолбута өтө көстөр. Лирическэй, өрө күүрүүлээх хоһоонноро баһыйар өрүттээхтэр.
Аат айымньыга ылар уус-уран суолтата улахан, хоһоону ырытыыга, өйдүүргэ сүдү оруоллааҕа көстөр. Аат айымньы идеятын илдьэ сылдьар. А.С.Бродников аҕыйах хоһооно аата суох, үгүс хоһооно анал ааттаахтарын сэргээтим. Кини айар буочара, суруйар истиилэ уратылааҕа кэрэхсэбиллээх.
Поэт айымньыларын ааттара, киһи быһыытынан уйан дууһалааҕа, төрөөбут дойдутугар бэриниилээҕэ, айылҕаны сөбүлүүрэ, амарах аҕа уонна ийэ тылын сүмэтин баһылаабыт суруйааччы буолара көстөр.
Биллэрин курдук, аат - айымньы ис хоһоонун сайдар киинэ. Онон айымньыны ырытыыны аатыттан саҕалыыр наадалаах.

  • Имя файла: ayymny-aatyn-uus-uran-suoltata-a-s-brodnikov-poeziyatynan.pptx
  • Количество просмотров: 163
  • Количество скачиваний: 2