күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Айар үлэтин маассабай революционнай ырыаларын
тылбаастааһынтан саҕалаабыта.Ырыа тылларын суруйар поэт. Саха поэзиятыгар инверсияны киллэрбитэ. Хоһооннору сэргэ поэма жанрыгар үлэлэһэрэ. Олортон Гражданскай сэрии тиэмэтин арыйар «Буурҕа, буулдьа дьылыгар» поэмата ордук чорбойор.
Биир кэмҥэ саха фольклорун утаран улаханнык туруна сырыттар даҕаны, ол сыыһатын өйдөөн, «Чурум-Чурумчуку» курдук уһулуччу табыллыбыт остуоруйа-поэманы суруйбута.
Кини айымньылара нууччалыы, сэбиэскэй норуоттар тылларынан элбэхтик бэчээттэммиттэрэ, сорох айымньылара немецтии, французтуу, гректии, кытайдыы, арабтыы тылбаастаммыттара. Эллэй саха поэзиятын Аан дойду, Сэбиэскэй Союз таһымыгар таһаарбыта.