олоҥхону ылымматаҕына, абылаппатаҕына кэлин олоҥхоҕо сыстыбат, олоҥхо эйгэтигэр кыайан
киирбэт.Оҕо саастара олоҥхону бобуу, буойуу-хаайыы, олоҥхону умнуу кэмигэр түбэспит сүһүөх дьон олоҥхоттон уксулэрэ тэйбиттэр.
Олоҥхо оҕо сахалыы толкуйун олохсутар.
“ ...олоҥхоҕо саамай сыаналааҕа диэн баар – тылын күүһэ, дьүһүнүн күүһэ, этиитин күүһэ. Олоҥхоҕо тыл күүһэ норуот хайа да айымньытыгар холооно суох хомоҕойдук туттуллубута, ымпыктаан-чымпыктаан этии силигэ сиппитэ көстөр”. П.А.Ойуунускай