Слайд 2
Улэм то5оостоо5о:
Бу орто туруу-баран
дойдуга олох олоро кэлбит аналын, туох баар тосхолун дьону
иитиигэ, анаабыт, дьон норуот дириц махталын, убастабылын ылар дьоhун дьоннордоохпут. Киhи бу орто дойдуга кэлэн ааhар сирдээ5и оло5о тумуктэннэ5инэ, кэнчээри ыччатыгар, дьон ейугэр-санаатыгар хаалларбыт ейдебулугэр кини утуе аата тыыннаах буолар.
Сыала : Туойдаах нэhилиэгин чулуу киhитин, дьоҥҥо - сэргэ5э сырдатыы;
Соруга:
1) Семенов Иев Спиридонович оло5о;
2) Сэрии кэмнэригэр.
3) Сэрии кэнниинээ5и оло5о.
4) Матырыйаал хомуйуута
Слайд 4
Семенов Иев Спиридонович Бечеех
диэн а5а ууhуттан теруттээх – уустаах. Бечеех диэн а5а
ууhуттан 2 уол о5о тереебут – Никита уонна Спиридон. Никиитэттэн игирэ икки уол тереебутэ. Улахан хабырыыс – Куустээх Бечехов, кыра Хабырыыс – Даллаа диэн хос ааттаах эбит.
Спиридонтан Иев уонна Ксения диэн кыыс тереебуттэр. Семенов Иев Спиридонович 1914 сыллаахха бэс ыйын 7 кунугэр Сунтаар оройуонун Хадан нэhилиэгин Туойдаах тубэтигэр тереебутэ. Бииргэ тереебут балта 1941 сыллаахха сэллик ыарыыттан елбутэ. Иев Сунтаарга сэттэ кылааhы бутэрэн Булуугэ уерэнэн учуутал идэтин ылан кэлэр.
Отутус сыллар сацалара. Оччолорго тыа оскуолатыгар учуутал тиийбэтин кыhа5атыттан баара-суо5а сэттэ кылаас уерэхтээх дьон учууталлыыр кэмнэрэ кэлэн ааспыт эбит. 1932 сыллаах куhун Булуутээ5и педтехникуму саца бутэрбит 18 саастаах эдэркээн уолу Иев Семеновы оройуоннаа5ы уерэх салаата Тойбохой начальнай оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн анаан таhаарбыттар.
Слайд 5
Иев Спиридонович дьиэ кэргэнэ.
Слайд 7
Уйэлэргэ иhийэн турбут Аар тай5аны уйгурдаан, атахтарын тыаhа
ньиргийэн, кэннилэригэр хара хоруур суола хаалларан, сэттэ суусчэ киhи
хаамсан испиттэрэ. Кинилэр ортолоругар биhиги кэпсиир учууталбыт Иев Спиридонович эмиэ баар. Уhун сатыы айан сылаалаах, сындал5аннаах. Онуоха эбии баран иhээччилэр улахан ацардара уерэ5э суох, биир да тылы нуччалыы билбэт колхозтаахтар эбит. Кинилэр дойдуларыттан арахсан букатын елуугэ баран иhэр курдук ыар санаа хам баттыыра. Хонук сирдэргэ хараца5а кулуhун оттон тигинэтэллэрэ. Элбэх кулуhун уота халлаацца сыдьаайа харбаhан, суоhа-суодала аар тай5аны уйгуурдара, чугастаа5ы кыылга-суелгэ олор кутталы уескэтэллэрэ. Кулуhун таhыгар, тохтобулларга Иев Спиридонович баран иhээччилэргэ дор5оонноох аа5ыылары, санааларын кете5ер бэсиэдэлэри оцортуура.
Слайд 8
Семенов Иев Спиридонович оло5ун, улэтин кэрчиктэрэ:
Урут тутуу учаастак
суох эрдэ5инэ бэйэтэ тутууну ыыталыыра:
1944 с. кэлээт урукку идэтинэн
учууталлаан барар, ыччат киэhээҥҥи оскуолатыгар тохтоло суох улэлиир.
1946 с. Сунтаарга начальнай оскуоланы, 1948 с. интернат дьиэтин (билигин музей дьиэтэ), 1962 с. гарааhы туттарбыта.
1947 с. Туойдаахха, 1961с. Илимнииргэ начальнай оскуола туттарбыта.
1988 сыллаахха Сунтаар сэлиэнньэтигэр харах балыаhатын уруорсан арыттарар.
Слайд 9
Иннэ да5атан эттэххэ, Иев
Спиридонович бэйэтэ тереебут айыл5атын дьицнээх патриота буолар. Кистэл буолбатах,
билицци дьулусханнаах, сайдыылаах уйэ5э сир-дойду киэбэ-киэлитэ, киэц эйгэтэ салгынныын, уулуун уларыйа турар. Ол барыта биhиги олохпутугар, доруобуйабытыгар улахан охсуулаах, алдьатыылаах буолан иhэр. Булуу еруhун уута суhурдуллэн киhи доруобуйатыгар улахан буортулаа5а дакаастанан иhэргэ бобуллубута.
Ону сэргэ, ерус уута буортуйан балык, кыыл-суел уескээhинэ эмиэ биллэрдик кэхтибит. Иев Спиридонович улахан балыксыт киhи этэ. Урут ерускэ кыhыннары, сайыннары балыктыыра. Кэлин алмаас хостооhунунан сибээстээн, улахан улэлэр ыытыллыбыттарын кэнниттэн, Булуу еруhугэр кирдээх уу туhэриллэн, балык уескээhинэ биллэ-кесте кэхтэн барбыта.
Бу иэдээни туоратар туhунан, Булуу еруhугэр кирдээх ууну Мирнэй предприятиеларыттан туhэриини ыраастыыр установкалары бутэрэн быстыбыттарын, наhаа бытааннарын туhунан XIX партийнай конференция5а аан бастаан учуутал Иев Спиридонович уцсуу суруйбут. СРС Министрдэрин Советын Кунду металларга уонна алмааска кылаабынай управлениетын начаалынньыгын бастакы солбуйааччыта Е.А.Компансйцев манны кис хоhоонноох суругу ыыппыта: «Билигин уп керулуннэ. Саца технология улэ5э киирэн бала5ан ыйын 1 кунуттэн кирдээх уу Булуу еруhугэр туhэрэ лаппа аччатыллыа5а. Онтон салгыы 1993 сылга ерустэргэ кирдээх кк туhэриилэрэ букатыннаахтык тохтотуллуо5а», диэн. Бастаан ол улахан чиновник эппиэтиттэн эрэл кыыма уескээбитэ. Хомойуох иhин, Совмин уураахтар да, чиновниктар да суруктара билиццэ диэри толоруллубакка тураллар.
Иев Спиридонов айыл5а5а ыкса сибээстээ5ин кини тус бэйэтэ бэртээхэй садовод буолара биллэр. Кини 1968 сыллаахха биологияны уерэтэ сырытта5ына, биолог учууталлар республикатаа5ы курстарыгар Ленскэй оройуонун 1-гы №-ээх оскуолатын базатыгар ыцырбыттар. Ол курска сылдьан, кини оскуола биллиилээх биолога В.П.Рыжов, садовод П.Н.Осин лекцияларын, кинилэр практическай бэсиэдэлэрин олус бол5ойон истибит. Дьэ ити курска сылдьыа5ыттан Иев Спиридонович бастаан дьиэтин таhыгар садоводствонан дьарыктанан барбыт. Ити курдук Иев араас дьикти уунээйилэри олордон, угус сыратын биэрэн туран, элбэх садовай уунээйилэри олордору ситиспитэ.
Слайд 12
20.12.1997 с. Туойдаах оскуолата тэриллибитэ 50 сылын кѳрсѳр
уѳруулээх аhыллыыта
Слайд 13
Тумук
Дьэ ити курдук дэгиттэр идэлээх, бар-дьон итэ5элин, ытыктабылын
ылыан ылбыт норуот учуутала – Иев Спиридонович Семенов. Ол
уhун кэм устатыгар, 50 сааhыттан о5онньор буолуор диэри, олоххо баар итэ5эhи, сыыhаны-халтыны утары охсуhа сылдьыбыт киhи.
Иев Спиридонович туруорсан астарбыт оскуолалара, суурэн-кетен туттарбыт дьиэлэрэ уунэр келуенэни эт-хаан еттунэн сайыннарарга, техниканы баhылыырга, атын да араас туhалаах уеруйэхтэргэ уhуйан, олоххо бэлэмнээх дьону иитэн таhаарарга ер сылларга туhалаабыттар.
Улуу Октябрь кыайбыт урдук ере кете5уулээх сылларыгар учуутал идэтин баhылаан тыhыынчаннан ыччаты иитиспит дьоллоох киhи. 55 сыл устата учууталлааhын, биhиги дойдубут историческай уйэтин улахан ацаарыгар улэлээhин, ордук киhини уерэтии, элбэх уларытыыларын керсееhун, бу мээнэ олох олоруу буолбатах диэн этиэххэ наада.
Уерэхтээhиццэ, кыраайы уерэтиигэ, тереебут Сунтаарын бар дьонугар оло5ун анаабыт педагогическай улэ ветерана , улуус бочуоттаах гражданина Иев Спиридонович Семенов 2005 сыллаахха орто дойдуттан барбыта. Кини туhунан утуе ейдебул уйэлэргэ хаалыа, кини туруорсан астарбыт оскуолалара, тутан хааллартаабыт тутуулара, ууннэрбит мастар, суруйан хаалларбыт ыстатыйалара кини сырдык аатын ааттата туоруохтар.